Сарданалыын сиэттиспиккин дуу,
Сибэккилиин симэммиккин дуу,
Того эн суоххуна
Табар санаам мунна,
Тулам харанага сууланна?
Туманна курдук барыта.
Сибэккилиин симэммиккин дуу,
Того эн суоххуна
Табар санаам мунна,
Тулам харанага сууланна?
Туманна курдук барыта.
Тугу да мин сатаабаппын,
Тылларбын сааьылаабаппын,
Тэлэьийэн сылдьыбаппын,
Тулаайахтыы айманабын.
Тууьээн керер туулум буолан дуу,
Тус олохпун суруйагын дуу?
Того эн суоххуна
Толбон суога буолла,
Тыыным быстарынан баранна
Кэлиий сэгэриэм миигин абыраа.
Тегуруччу хаамыам
Тонолуппакка батыьыам,
Тугу барытын аныам.
Тулуьурдаан сылдьыам
Тапталбын еруу харыстыам.
Эн бааргыттан дьоллоохпун,
Уерууну ойуулуубун,
Бу сиргэ эн эрэ баар буоланнын…
Эн миэхэ салгын тэнэ,
Эн миэхэ кунум тэнэ.
Бааргыттан астына
Мин дьоллоохпун дэнэбин
Ынырабын сэгэриэм бииргэ буолуохха диэн
Уеруунэн бу олохпутун сырдатыахха